Студопедия
Случайная страница | ТОМ-1 | ТОМ-2 | ТОМ-3
АвтомобилиАстрономияБиологияГеографияДом и садДругие языкиДругоеИнформатика
ИсторияКультураЛитератураЛогикаМатематикаМедицинаМеталлургияМеханика
ОбразованиеОхрана трудаПедагогикаПолитикаПравоПсихологияРелигияРиторика
СоциологияСпортСтроительствоТехнологияТуризмФизикаФилософияФинансы
ХимияЧерчениеЭкологияЭкономикаЭлектроника

с. алтынньы 2 кµнµгэр туттарылынна

 

N Фамилията, аата, а±атын аата Мэтээл нµімэрэ Хос быґаарыы
  Скрябин Афанасий Иванович   Сыллыкка
  Чемпоров Николай Кириллович    

 

 

Гоголева Анна Тимофеевна – 1925 с. Бµлµµ оройуонун Дьіккін нэґилиэгэр дьадаІы колхозтаах кэргэнигэр тіріібµтэ. А±ата – Гоголев Тимофей Петрович ір кэм устата колхоз булчутунан, табаґытынан µлэлээбитэ. Ийэлэрэ эрдэ ілін, а±ата, бэйэтин кытта илдьэ сылдьара кыаллыбатынан, эдьиийигэр Иннокентьева Ольга Дмитриевна±а олордубута. Эдьиийэ бэйэтин о±отун курдук кірін-харайан, бµібэйдээн, кыыс киґи буола улаатарын иґин бары кыґамньытын уурбута. Анна 1939 с. Мукучу нэґилиэгин Танара сэттэ кылаастаах оскуолатын бэґис кылааґын µірэнэн бµтэрбитэ, салгыы 1942 с. Хампа оскуолатын сэттис кылааґын бµтэрэн, ЫБСЛКС кэккэтигэр киирбитэ уонна общественнай µлэ±э улахан дьо±урдаа±ын кірдірін барбыта. Ол иґин кинини 1942 с. сайыныттан ыла Боро±он нэґилиэгин „Сталин“ аатынан колхоз суоччутунан анаабыттара, колхоз бары дьыалатын толорооччунан, отчуоттары оІорооччунан со±отох кини эрэ буолбута. Анна Тимофеевна комсомольскай тэрилтэ µлэтин салайыыга µгµс сыратын уурбута. Оччотоо±у комсомолецтар колхоз µлэтин бары салааларыгар тутаах µлэґиттэринэн буолбуттара, сылайары-элэйэри аахсыбакка туран µлэлээбиттэрэ. Кини олус эйэ±эґэ, куруук µірэ-кіті сылдьара уонна туох эмит сонун былааннаах, толкуйдаах буолара. Ыалдьарын кимиэхэ да биллэрэ сатаабат этэ, комсомольскай тэрилтэ µлэтинэн Бµлµµ куоратыгар эмкэ киириэр диэри дьарыктана сылдьыбыта. Балыыґа±а µс ый эрэ кэриІэ сыппыта, 1951 с. олунньу ыйыгар ілбµтэ. Кини ілµгэ Орто Кµіл кылабыыґатыгар дьаґаллыбыта.

 

 

Гоголев Трофим Петрович – 1903 с. элбэх о±олоох Петр Гоголев дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. Ґлэ фронугар ыІырыллан, икки сыл Мухтуйа±а, мас со±отуопкатыгар µлэлээн баран, тіріібµт холкуоґугар кэлэн биригэдьииринэн µлэлээбитэ. Ґлэґит илии тиийбэтэ, сэрии са±анаа±ы µлэ былаанын булгуччу толоруллуохтаа±а, ол барыта µлэни быґаччы тэрийээччи, дьону µлэ±э аттаран туруорааччы биригэдьииртэн элбэх тутулуктаа±а. Ону µлэ±э о±олору уонна дьахталлары сатаан аттаран туруоран, кини биригээдэтэ бастакы миэстэ±э тиксэрэ. Сэрии кэннигэр ити µлэтигэр ір сыллаах сырата холкуоґу тэрийиигэ, хаґаайыстыба іттµнэн сайыннарыыга элбэх µтµілээх кырдьа±ас µлэґиттэртэн биирдэстэрэ. ОлоІхоґут Доропуун эдэригэр кыыс-дьахтар кэрэхсии кірір сэбэрэтэ, кылыґахтаах этиэхтэн кэрэ куолаґа, устар ууну сомо±олуур тыла-іґі, дьону µірдэр-кітµтэр кірі-нара, аґа±ас алама±ай дууґата, кµµстээх бі±і міссµінэ, кырдьык да саха саарына, киґи кэрэмэґэ этэ. Кини 1967 с. саІа дьылын атаарыы киэґэтигэр „Хара Дапсыл±ан бухатыыр“ диэн олоІхотун толорбута. Боро±он нэґилиэгэр ньир-бааччы ыал буолан, 1990 с. ілµір диэри олорбута.

 

 

Жиркова Прасковья Петровна – Илин Мукучуттан тірµттээх сµрдээх хоґуун, кыайыылаах-хотуулаах, тµргэн-тар±ан туттуулаах µлэґит бэрдэ этэ. Эр киґи курдук саанан бултуура, уґанара, со±ото±ун оттуура. Кини а±атын бандьыыттар Хампа±а илдьэн ілрбµттэрэ. Бастакы кэргэнэ Мальцев Сергей Прокопьевич (Чымыдаал) 1943 с. бэс ыйын 15 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта. Армияттан 1945 с. кэлбитэ уонна Кэбээйи оройуонун Кальвица аатынан балык артыалыгар µлэлээбитэ, кэргэннэнэн онно олохсуйбута. Иккис кэргэнэ Филиппов Николай Филиппович, кырдьан баран Прасковья Петровнаны кэргэн ылан биир кыыс о±оломмуттар. Прасковья Петровна эдэр сааґыгар колхозка бэйэтин харыстаммакка µлэлээн, ыарыґахтаан, о±отун тулаайах хаалларан, 39 сааґыгар, 1964 с. тохсунньу 1 кµнµгэр олохтон барбыта.

 

Иванова Анна Федотовна – 1923 с. Боро±он нэґилиэгэр Јргµіттээх диэн сиргэ тірдµс о±онон тіріібµтэ. Бииргэ тіріібµттэр сэттиэлэр этэ, а±алара Хаанньар Сідµіт дьиэ кэргэттэрин колхозка µлэлээн, балыктаан иитэлээбитэ. Анна Федотовна µрдµк уІуохтаах, иинэ±эс кірµІнээх, µлэ±э буспут-хаппыт, элбэх саІалаах-иІэлээх, µірэ±э суох, колхоз, совхоз тіґµµ µлэґитэ этэ. Сэрии сылларыгар кини аата от охсуутугар, бурдук быґыытыгар басьыІнар ааттарыгар элбэхтик ааттаммыта. От µлэтигэр эр дьону кытта тэІІэ сылдьара, кинилэртэн хаалсыбат этэ. Дьахталларга киниэхэ тэІнээх от охсооччу уонна кыдамаґыт суо±а. Араас µлэ±э барытыгар, онноо±ор Дьіккінтін ЛікічііІІі диэри почта дьаамын сµµрдµµтµгэр эр дьону кытта тэІІэ сылдьыбыта. Молотилка±а биир тутаах µлэґит буолара. Пенсия±а тахсыар диэри ір ыанньыксыттаабыта. Оччотоо±у кэмІэ сµіґµгэ µлэлээґин олус ыарахан этэ. Ґлэ барыта илиинэн толоруллара, µлэлиир усулуобуйа мілті±і, ас-таІас тиийбэтэ. О±о эрдэ±иттэн µлэ±э эриллэн µіскээбит буолан, Анна Федотовна µлэтэ суох сатаан олорбото. Кини сµрдээх аґа±ас µтµі дууґалаах киґи буолан, кыґал±алаах дьоІІо барытыгар кіміліґір µтµі майгылаа±а. Ити дьµккµірдээх µлэтэ µгµс мэтээллэринэн сыаналаммыта. 2000 с. ДьіккіІІі кыыґыгар олорон 77 сааґыгар ыалдьан ілбµтэ.

Иванова (Каратаева) Матрена Тимофеевна – 1906 с. 굴µн Каратаев Тимофей Игнатьевич (Чылбыыр)) дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. Ийэтэ Атарба Јксµµ, Тайыла Жирков (кулуба) кыыґа, эбэтэ – Тимир Балбаара, аатын курдук улахан толуу дьахтар, µлэни-хамнаґы кыайа тутар, уордаах, кытаанах майгылаа±а. Дьонноро сµіґµнµ-аґы хото иитэн, сэниэ со±устук олорбуттар. Убайынаан Бµітµрдµµн, балтыларынаан Маарыйалыын, Огдооччуйалыын ойор-тэбэр о±о саастара, олооччулаах кэмнэрэ сµіґµ кірµµтµгэр, от-мас µлэтигэр эриллэн ааспыта. Мотуруона сэрии иннигэр, 1938 сыл диэки Иванов Андрей Петровичка кэргэн тахсыбыт. Јндірій 1900 сыллаа±ы тірµіх, 1943 сыл бэс ыйын 15 кµнµгэр сэриигэ ыІырыллан барбыта. Доруобуйата мілтіін, армияттан тіннін иґэн, 1943 сыл ахсынньы 27 кµнµгэр Иркутскай госпиталыгар сытан сырдык тыына быстыбыт.

Матрена Тимофеевна сэрии кэмигэр, ол да кэннэ холкуос µлэтигэр илиитин араарбакка, биир кµн іріібіккі µлэлээбитэ. Ити кэмнэргэ о±уруокка µлэлээн, µрдµк µµнµµнµ ылан, хаппыыста, хортуоска, бэл диэтэр табаах кытта µµннэрэллэрэ. Ханна да µлэлээбитин иґин кини µчµгэй ахсааІІа сылдьара. Кэлин повардаабыта, о±уруокка, ферма±а µлэлээбитэ. Оло±ун бµтэґик сылларыгар Дьокуускайга сиэнинээн Дариялыын олорбута. 1906 сыл кулун тутар 30 кµнµгэр Саха сирин уґун µйэлээхтэрин „Ґйэ саас“ Бочуоттаах бэлиэтинэн на±араадаламмыта. Маны таґынан элбэх юбилейнай мэтээллэрдээх.

 

Иннокентьевна Ольга Дмитриевна – Дьіккінтін тірµттээх, а±ата Гоголев Дмитрий Иванович (Киис Миитэрэй), ийэтэ Кондакова Анна Алексеевна (Ааныка). Ольга Дмитриевна ортону µрдµнэн уІуохтаах, бэйэтигэр сіп эттээх-сииннээх, сырдык хааннаах дьахтар этэ. Олус сымна±ас, а±ыйах саІалаах, хаґан да о±олору міхпіт, кими да кытта этиґэн айдаарса сылдьыбат сэмэй майгылаа±а. Иннокентьев Иван (Мылаайыс) диэн То±ус киґитигэр кэргэн тахсан, кыыс о±оломмута кыратыгар ілбµтэ. Сэрии иннинэ Уйбаанныын Боро±оІІо кэлэн олохсуйбуттара, холкуос ыскылаатыгар иккиэн µлэлээбиттэрэ. 1941 с. ТороІнуурга Тырыкаат дьиэтигэр Ольга эдьиийэ ілін, уолун Виссариону, ийэтин Ааныканы кытта кірін хаалаллар, онтон Хомустаахха Ольга балтыларынаан, Уйбаан балтынаан элбэх буолан олороллоро. Ольга Дмитриевна кэргэнэ Уйбаан ыарыґах киґи этэ, Ольга кинини о±о курдук кірірі-истэрэ, Уйбаан уґаабата±а сотору ыалдьан ілбµтэ. Ольга Дмитриевна олус иистэнньэІ таІаґы барытын, кістµµмµгэр тиийэ тигэрэ. Тулаайах о±олору аґынан, µчµгэй таІас тигэн биэрэрэ, баарынан-суо±унан кіміліґір амарах майгылаа±а. Сэрии кэнниттэн Боро±оІІо атыыґытынан µлэлии кэлбит, Каратаев Иван Сидорович диэн Тааґа±ар киґитигэр кэргэн тахсан, Ольга Дмитриевна олус эрэйдээхтик олорбута, Гриша диэн уол о±оломмута. 1952 с. Боро±онтон кіґін, Хампа±а Јккілдьµмэ±э олохсуйбуттара. Манна олорон Ольга Дмитриевна 1960 с. ыалдьан ілбµтэ.

Каратаева Агафья Семеновна I (Алайдаан) – ортону аннынан уІуохтаах, µлэ±э буспут-хаппыт кірµІнээх, кэргэннэммэтэх-о±оломмотох, аймахтарыгар хонон сылдьан µлэлиир эмээхсин этэ. Кинини элбэх саІалаа±ын иґин Алайдаан Акааппыйа диэн аат бигэтик иІмитэ. Дьиэ±э-уокка аралдьыйара суох буолан, аІардастыы холкуос µлэтин эрэ билэрэ, биир да кµн іріін олорботох, ірµµтµн сібµлээн от µлэтигэр чаанньык ірііччµ, ас астааччы кини буолара. Ґлэттэн сылайан та±ыстым диэн сынньаммат этэ, сарсыарда чаанньыгын оргутан баран, отчуттарын уґугуннарара. Соро±ор наґаа эрдэ туруорда диэн сібµлээбэт этилэр. Нолуок бурдугун Боро±онтон То±уска тиэйэн, акка ырдан таґаллара, ону приемщиктар веялка±а хаттаан ыраастаан баран тутар µгэстээхтэрэ. Тыымпы кырдьа±астара кэпсииллэринэн, сарсыарда эрдэ туран таґырдьа иґиттэхтэринэ, веялка тыаґыыр уонна Агафья: „Чалайыаха таллыр±атан ис,“- диэн дьаґайар саІата иґиллэр буолара. „Тіґі±і туран, Боро±онтон бурдук а±алан, хат кітµтэ-ыраастыы сылдьара буолла,“- диэн, сі±іллір этэ. Ферма сµіґµтµн сиир отун тиэйиитэ, ферма хотонун таґын ыраастааґын, сµіґµ ноґуомун бааґына±а таґыы, бурдук астааґына, кµілгэ муІхалааґын, тутуу бэрэбинэтин, оскуола саґаанын тиэйии – ити барыта, Агафья µлэтэ буолара.

 

Каратаев Афанасий Иванович (Сы±ай) –Ойбон Кілµйэ хоту іттµгэр олорбута. А±ыйах саІалаах, орто уІуохтаах, сулардыы бытыктаах киґи этэ. Бастакы кэргэнэ Христинаттан µс кыыстаах, биир уоллаах. Кэнники кэргэнэ Јртійі Балбаараттан µс кыыс, биир уол тіріін улаатан иґэн ілбµттэр. Кµілгэ миинэр тыы оІорор, тыа±а тµµлээхтиир идэлээх. 1938 с. МэІэ а±атын ууґа Мукучуттан арахсан „Харбалаах“ холкуоґу тэриммиттэрэ, председателинэн Афанасий Иванович быыбарданан, 1939 с. „Сталин“ аатынан холкуоґу кытта холбоґуохтарыгар диэри µлэлээбитэ. 1941 с. алтынньы ыйга фроІІа кіміліґµµ туґунан уопсай мунньахха булчут Афанасий Иванович сµµс куобах тириитин туттарарга суруйтарбыта, бу суруйтарбыт кімілірµн 1942 сыл тохсунньу бастакы кµнµгэр дылы туттарыах буолан тар±аспыттара. Ити сыл Боро±он нэґилиэгин олохтоохторо 312 µтµлµгµ уонна бэргэґэни, 960 устуука куобах тириитин туттарбыттара, маны таґынан, тимири, эргэ сылабаары, алтан чаанньыгы хомуйбуттара. Сэрии бириэмэтигэр оборона фондатыгар балыгынан кытта бултаан туттарбыттара. Сэрии кэнниттэн Афанасий Иванович колхозка сыар±а, туттар мал оІоруутунан дьарыктаммыта. Кини 82 сааґыгар 1966 с. бала±ан ыйын 30 кµнµгэр ілбµтэ.

Каратаев Дмитрий Афанасьевич (Ооной) – 1923 с. ыам ыйын 5 кµнµгэр Ойбон кілµйэ улахан іті±ір Каратаев Афанасий Иванович (Сы±ай) дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. Ийэтэ Скрябина Христина Егоровна µс саастаа±ар ілбµтэ. 1935 с. Танара оскуолатыгар µірэнэ киирбитэ. Аас-туор сылларга олорор сирэ суох буолан, бэґис ыалыттан аккаастатан бэґис кылааґы бµтэрбэккэ оскуолаттан уурайбыта. 1938 с. МэІэ±э „Ґґµс пятилетка“ холкуоска секретардаабыта, сайын оттоґоро, биригэдьиирдэргэ кіліґµн кµнµн аа±ыытыгар кіміліґін суруксуттуура. Икки сыл устата биэс атынан Дьокуускай дьаамыгар µлэлээбитэ. 1945 с. Тиксиигэ баран Америкаттан муоранан кэлэр таґа±аґы сµікээґиІІэ, ЭлээІІэ хаппыт нефть таґыытыгар µлэлээбитэ. 1946 с. Боро±оІІо „Сталин“ аатынан колхозка кассир-счетоводунан, 1950 с. бухгалтерынан, сельсовекка секретарынан, 1953 с. „Сталин“ аатынан колхоз председателинэн, онтон солбуйааччы председателинэн, 1959 с. учаастак сэбиэдиссэйинэн, 1969 с. сельсовет председателинэн талыллыбыта. 1973 с. хонуу биригэдьииринэн, 1975 с. бухгалтерынан µлэлээбитэ. Нэґилиэккэ оІоґуллубут кэскиллээх µлэлэргэ кини кыттыбата±а, салайсыбата±а, тэрийсибэтэ±э диэн суо±а: этээстээх оскуоланы тутууга тэрийэр µлэтэ, авиаплощадка сирин солотторуу, µлэ±э киллэрсии, 8 галаах о±уруот сирин ойууру солоон оІорторуу, Боро±он систематын хастарыы, куура хаппыт кµіллэри угуттатыы, Муоґааны, Торуйаан, Хоту Кµіл ууларын тµґэрии, саІа кулууп дьиэтин тутуутун туруорсуу, Орто Кµіл – Булгунньахтаах билиитигэр ыґыахтыыр сири оІорсуу-тэрийсии, о.д.а. Дмитрий Афанасьевич нэґилиэккэ ыытыллар общественнай µлэлэргэ дьону кі±µлµµр дьо±урдаа±а. Кини 2005 с. бэс ыйын 30 кµнµгэр ілбµтэ.

Колтовская Марфа Степановна - 1926 сыллаахха тіріібутэ, ыал улахан о±ото буолан оскуола±а биэс эрэ кылааґы бµтэрбитэ, Кини о±о эрдэ±иттэн хара µлэ±э эриллэн улааппыта, маІнай ыанньыксытынан, онтон бороон-торбос кірµµтµгэр куруук ыраах учаастактарга олорон сµіґµ кірірі. Доруобуйата мілтіін (µлэтигэр оґоллонон) µлэтиттэн уурайан сырытта±ына, То±ус интернатын сэбиэдиссэйэ Егоров Егор Дмитриевич кірсін µлэ±э ыІырбыт. Инньэ гынан 1968 сыллаахха То±уска кіґін, бу дойду дьонун-сэргэтин, сирин-уотун сіебµлээн, иккис дойду оІостон олохсуйбута. Манна кэлээт маІнай интернакка, балыыґа±а µлэлээбитэ, онтон кэлин уґуннук бэкээринэ±э остуорастаабыта. Биэкэр ыарыйда±ына, уоппуска±а барда±ына куруук солбуйан килиэп астааччы. Олохтоохтор «Мааппа буґарбыт килиэбэ наґаа минньигэс, µчµгэй» диэн хай±ааччылар. Кини ханна да µлэлээбитин иґин µлэтигэр ирдэбиллээх, кыґамньылаах, хаґан да хойутаабат этэ. Yтµі суобастаах µлэтин иґин дьон махталын ылара. Марфа Степановна биэс о±олоох аІардас дьахтар ыарахан, тиийиммэт оло±ун этинэн-хаанынан билбитэ. Кини элэккэй, алама±ай майгылаа±а, дьоІІо µчµгэй сыґыаннаа±а, элбэх дьуегэлээ±э. Астан саамай сібµлээн уонна табан буґарара оґох билиитэтигэр буспут саха лэппиэскэтэ буолара. Кини буґарбыт минньигэс лэппиэскэтин элбэх киґи амсайда±а. Пенсия±а тахсан да баран быар куустан олорбото±о: солбуоґуІІа, ол-бу кыра µлэлэргэ сылдьар уонна ииґинэн, тыс имитиитинэн дьарыктанар буолбута. Араас этэрбэс билэтин быысыбайдаан, о±уруонан тиґэн этэрбэс тигэрэ. Тыыл уонна µлэ бэтэрээнэ аатын ылыан ылбыта.

 

 

Мальцева (Каратаева) Варвара Михайловна (Балбаан) – 1927 с. МэІэ±э Хоту алааска Мальцев Михаил Иванович (Ойуун Мэхээлэ) дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. О±о сааґа „кыайыы туґугар“ аччык аІардаах кµргµімнээх µлэнэн, колхоз тіґµµ µлэґитигэр кубулуйбута. Бастаан колхозка, онтон совхозка биир кµн іріібікка, уоппускаланан сынньаммакка, пенсия±а тахсыар диэри тохтоло суох ыанньыксытынан µлэлээбитэ. Арыыга ыанньыксыттаан баран, кэлин ханна да халбарыйбакка Орто Кµіл ферматыгар µтµі суобастаахтык µлэлээн, бастыІ ыанньыксыттар ахсааннарыгар сылдьара. Эдэр ыанньыксыттарга кµµґэ кыайарынан кіміліґін, сµбэлээн биэрэрэ. Оччотоо±у кэм ыанньыксыттара утуйар ууларын умнан туран, сµµрбэччэлии ына±ы ыан, саа±ын кµрдьэн-таґааран, уулатан-аґатан, эбии аґылык бэлэмнээн, хотоннорун сыбаан, отторун киллэрэн, µµттэрин туттаран, тµµннэри ынахтарын тірітін барытын бэйэлэрэ илиинэн µлэлииллэрэ. Итинник ыарахан µлэ, тоІуу-хатыы Варвара Михайловна доруобуйатын эрдэ кэбирэтэн, пенсия±а тахсан уґаабата±а.

Мальцева Евдокия Федотовна (Оччууна) – 1907 с. Боро±он нэґилиэгэр тіріібµтэ. Бииргэ тіріібµттэ𠵴µілэр: Дмитриев Дмитрий Федотович, Дмитриева Мария Федотовна уонна кини. А±ата Дмитриев Федот тµірт бииргэ тіріібµттээх эбит. Ийэтэ - Дмитриева Екатерина. Булгунньахтаах хоту іттµгэр олорбуттар. Евдокия Федотовна колхоз ыарахан µлэтигэр барытыгар эр дьону кытта тэІІэ от охсон, кыґын от-мас тиэйэн кµµґµн харыстаабакка µлэлээбитэ. Кэргэнэ Мальцев Иван Михайлович, 1907 с. Боро±он нэґилиэгэр Харбалаахха тіріібµт-µіскээбит киґи. 1943 с. сэриигэ ыІырыллыбыта, сэрииттэн µс-хас сурук кэлбит. Сэриилэґэ сылдьан 1944 с. ыам ыйыгар ілбµт. Уоллара Мальцев Василий Иванович 1939 с. олунньу ыйга тіріібµтэ. Евдокия Федотовна кэлин оскуола±а алта оґо±у маґынан оттон, дьиэ хомуйан 1966 сылга диэри, онтон Бµлµµ куоратыгар киирэн, райкомІа охранниктаан 1983 сылга диэри µлэлээбитэ. Ґтµі суобастаах µлэґиккэ икки хостоох дьиэ биэрбиттэрэ. Бииргэ тіріібµт убайа Дмитрий Федотович биир кыыстаах – Дмитриева Ксенья Дмитриевна, 1930 с. тірµіх, райсоюзка ір сыл µлэлээбитэ. Балта Мария Федотовна Бµлµµгэ олорон ыалдьан ілбµтэ, µс о±олоох этэ. Евдокия Федотовна амарах майгылаах, ыалдьытымсах буолан, кини итии чэйин испэтэх Боро±он олохтоо±о суо±а буолуо. Хас биирдии ыалдьытын сиэтэ сылдьан балыыґа±а кірдірін, дьыалатын быґаартаран, дойдуларыгар кэґиилээн атаарар µтµі µгэстээх этэ. Кини 1984 с. ыалдьан ілбµтэ.

Мальцева (Каратаева) Ирина Николаевна (Јлііх) – 1927 с. олунньу 9 кµнµгэр Боро±он нэґилиэгин Харбалаа±ар, Ар±аа Бас іті±ір элбэх о±олоох дьадаІы дьиэ кэргэІІэ µґµс о±онон тіріібµтэ. А±ата Мальцев Николай Дмитриевич (Барча) кыыґыгар Јрµµнэ±э олорон, 1966 с. ілбµтэ. Ийэтэ Огдооччуйа 14-тэ о±оломмутуттан биэс о±о тыыннаах ордубут. Ийэлэрэ о±олоро олох кыраларыгар суох буолбута. Улахан убайдара Мальцев Кирилл Николаевич сэрии толоонугар бааґыран, 1945 с. ыам ыйын 10 кµнµгэр госпитальга ілбµт. Ирина Николаевна кыра сааґыттан тулаайах хаалан, 14 сааґыттан колхозка ыанньыксытынан µлэлээбитэ. Сэрии ыар сылларыгар улахан дьону кытта тэбис-тэІІэ µлэлэспитэ. 1967 сылтан пенсия±а тахсыар диэри Боро±он орто оскуолатыгар кочегарынан, уборщицанан, интернакка поварынан µтµі суобастаахтык µлэлээбитэ. Ханнык да±аны µлэ±э µлэлээбитин иґин эйэ±эс майгытынан, кыґамньытынан дьон ытыктабылын, махталын ылара. Кэргэнинээн, Каратаев Михаил Софроновичтыын тµірт о±ону тірітін, µлэґит дьон оІортообуттара. Ирина Николаевна 1983 с. ыалдьан кµн сириттэн барбыта.

Мальцев Тит Михайлович (Хал±ачыйа) – маІнайгы холкуостаах, орто уІуохтаах, модьу-та±а кірµІнээх, туохтан да туран хаалбат дьµккµірдээх µлэґит киґи. Айыл±аттан µлэ±э ананан µіскээбит киґи сатаабата±а, кыайбата±а диэн суох, ылыммыт µлэтин тиґэ±эр тиийэ толорон баран тэйэр идэлээх. Оту илиинэн охсууга аатырара – хас кµн аайы 1,5 – 2 га сири охсоро. Ол иґин маІнай ударник, онтон стахановец диэн оччотоо±у бочуоттаах ааты куруук кини ылара. Дьиэ маґын урут, 6 м усталаах гына быґан, хатырыган суллаан кэрдэр эрдэхтэринэ, хас кµн аайы, сµгэнэн кэрдэн 25 бэрэбинэни кэрдэр этэ. Кэнники сааґырбытын кэннэ, хонуу биригэдьииринэн ананан, бэрт уґуннук µлэлээбитэ. Кини салайар биригээдэтэ µлэ былаанын куруук аґара толороро. Сарсыарда биэс чаас са±ана туран µлэґиттэрин кэрийэн, ким туох µлэ±э барарын, ханнык кілінін µлэлиэ±ин, кілі сыар±атын, быатын-туґа±ын барытын бэлэмнээн биэрэрэ. От µлэтигэр киэґэ µлэ бµтµµтэ, ким тіґінµ, хайдах хаачыстыбалаахтык µлэлээбитин аа±ан, кірін-истэн тутара, ким тугу сыыспытын утары этэн биэрэрэ. Онон киэґэ µлэ кµнµн бµтµµтэ µлэ±ин туттарарыІ эбээґинэс буолара. Холкуостаахтар кини µлэни тэрийиититтэн астыналлара. Сэрии са±ана Лена тірдµгэр балык бултааґыныгар ыыппыттара, онно хайа тиийиэ±иттэн кэлиэр диэри бастыІ биригэльиирдэр кэккэлэригэр сылдьыбыта. Чахчы µлэ туґугар эттиин-хаанныын бэриниилээх киґи этэ

Мальцев Прокопий Титович - 1929 с. муус устар 10 кµнµгэр „МэІэ“ диэн а±а ууґугар тіріібµтэ. Кыра колхозтар кыаммат буоланнар, 1940 с. МэІэ „Ґлэ кµµґэ“ колхоґун Боро±ону кытта холбоон „Сталин“ аатынан колхоз буолбута. Дьон µчµгэйин, кыахтаа±ын сэриигэ хомуйан бартара. Орпут, арыый µлэни кыайар-хотор дьону хоту балык бултааґыныгар ылбыттара. Онон кырдьа±ас о±онньор-эмээхсин уонна о±олор тіґµµ µлэґит буолан, колхоґу ыспакка, сµіґµтµн-аґын кірін-истэн олорторо. Сэриигэ кыайыы туґа диэн тµµннэри-кµнµстэри µлэлииллэрэ, итини кытта сэргэ улахан кураан сатыылаан туох да сµрдээх ыарахан этэ. Оччолорго колхозка биир бурдук быґар массыына, от охсор икки массыына баара. Уот кураан буолан, аґыІа бі±і ірі оргуйан тахсыбыта. АґыІаны кытта тµµІІµ іттµгэр „сэрии“ барара. 80 сантиметр дириІнээх гына хоруу хаґан баран, уґун ситиминэн бурдук бааґынатын устун тардан хорууга тµґэрэллэрэ. Ґксµн эдэр ыччат, комсомолецтар µлэлииллэрэ. Прокопий Титович сэрии сылларыгар ас-таІас кырыымчыгынан Хампа±а µірэммэккэ, колхозка µлэлээбитэ. 1945 сыллаахха сэрии бµтэн, µірµµ-кітµµ бі±і буолбута. От-бурдук дэлэйдик µµммµтэ, колхоз кыа±ыран, дохуот да элбээбитэ. 1950 сылтан кыылы иитэр ферма±а, 1956 сылтан биригэдьииринэн, 1960 сылтан тракториґынан µлэлээбитэ. Прокопий Титович 1962 сылтан Тааґа±ар учаастагар учаастак сэбиэдиссэйэ буолбута, 1968 сылтан 1981 сылга диэри Хампа±а сельпо±а эргиэІІэ солбуйар председателинэн µлэлээбитэ, онтон салгыы Хампа орто оскуолатыгар тракторга о±олору µірэтиигэ икки сыл µлэлээн баран, пенсия±а тахсыбыта. Ґлэлээбит сылларыгар, µчµгэй µлэтин иґин уонтан тахса араас мэтээллэринэн на±араадаламмыта.

 

 

Никифорова Анна Иннокентьевна (Халаарар) – ТэІкэрдиир ЭІиэнтэй Јрµкµй Баґылай кыыґа Огдооччуйалыын то±ус о±олоохторуттан ортоку кыыстара 1915 с. тіріібµтэ. Эґэтэ Тырыкаат Ыстапаан ТороІнуурга олохсуйан олорбута. Анна Иннокентьевна Орто Кµілгэ ыанньыксыттаан, сайынын сайылыктарынан кіґін µлэлиирэ. Сэрии са±ана сэбиэт хонтуоратыгар остуорастыы сылдьыбыта. Кыыґа кыратыгар, дьааґыла±а, балыыґа±а µлэлээн ылбыта. Пенсия±а тахсыар диэри ыанньыксыттаан, µгµстэргэ сµбэ-ама буолара. Анна Иннокентьевна µгµс мэтээллэринэн, грамоталарынан на±араадаламмыта. Кини 2004 с. ыалдьан ілбµтэ.

 

Никифоров Тихон Алексеевич (Тиэхээн) – 1872 с. тіріібµтэ, Орто Кµіл уІуоргу іті±ір кыара±ас дьиэ±э о±о-уруу тэнитэн кырыымчык оло±у олорон ааспыта. Кэргэнэ Никифорова Варвара Степановна 1949 с. ілін, о±олорун бэйэтэ иитэлээбитэ. Сэрии кэмигэр икки хараІаны ыпсаран, холкуос µлэтин таґынан, о±олорун бултаан аґатара. Аас-туор олохтон 16 саастаах Татьяна диэн кыыґа 1943 с. тохсунньу 19 кµнµгэр ілбµтэ. Холкуос араас µлэтигэр 1956 с. бэс ыйын 1 кµнµгэр ілµір диэри µлэлээбитэ. Тихон Алексеевич о±олоро а±аларыгар кімі буолан, кыра саастарыттан холкуоска сµіґµ кірµµтµгэр µлэлээн барбыттара.

Никифоров Прокопий Тихонович (Чіічіір) – 1932 с. тіріібµтэ, бэйэтин лаппа кыанар, ата±ынан кимІэ да ситтэрбэт буола улааппыта. Кини холкуоска тутууга, сир солооґунугар, сайынын окко кµµстээх µлэ±э сылдьыбыта. 1952 с. Бµлµµ куоратыгар икки этээстээх оскуола дьиэтин тутуутугар сылдьан оґоллонон, ыарыґах буолбута. Ол да буоллар кµµґэ кыайарынан сµіґµ µлэтигэр, сайын окко µлэлэґэрэ. Прокопий Тихонович 1976 с. ыалдьан Бµлµµ куоратыгар ілбµтэ.

Никифорова Мария Тихоновна (Баккаа) – 1935 с. тіріібµтэ. Сэрии кэмиттэн хара ілµір диэри Орто Кµілгэ µтµі суобастаахтык ыанньыксыттаабыта. Оччотоо±у кэмІэ ыанньыксыт µлэтэ барыта илии кµµґµнэн, сайылыктарынан кіґін µлэлэнэрэ. Кини 1974 с. ыалдьан ілбµтэ.

 

 

Осипова Парасковья Тимофеевна (Боккуо) – 1925 с. ыам ыйыгар Боро±он алааґыгар Осипов Тимофей Иванович (Јрµкµй Баґылай уола) дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. Ийэтэ, Боронова Ефросинья Алексеевна 1928 с. ыам ыйын 27 кµнµгэр игирэ о±олору тірітіірµ ілбµт. Ийэтэ ілірµгэр µс саастаах кыыс хаалбыт. Убайа Уйбаан киниттэн икки сыл а±а, 1942 с. армия±а ыІырыллан, 1943 с. сэрии хонуутугар ілбµтэ. Парасковья Тимофеевна эрдэ тулаайах хаалан, холкуоска 1935 с. µлэлээбитэ. 1943 с. тэриллибит комсомольскай тэрилтэ±э биир бастакынан чилиэнинэн киирбитэ. Оччотоо±у комсомолецтар холкуос бары µлэтигэр активнай кыттыыны ылбыттара. Кыайыы буоларыгар колхозтар биир ыйдаах сиэстэрэ куурсугар ыыппыттара, онон Кыайыы кµнµн Хампа±а кірсµбµтэ. 1946 с. саас То±ус нэґилиэгин „Хаахынайдаах“ алааґыгар турбут дьиэни тµµІІµ смена±а 12 атынан таґыспыта. Сэттэ буолан Эйиэнчиккэ комсомольскай звено тэринэн хаар тµґµір диэри оттообуттара. 1950 с. Каратаев Дмитрий Афанасьевичтыын ыґыах са±ана ыал буолан, интернат дьиэ±э кыстаабыттара, сайынын баанньык дьиэ±э олорбуттара. Боро±он сэттэ кылаастаах оскуолатыгар 1949 с. а±ыс сыл устата остуораґынан, интернакка поварынан, завхоґунан µлэлээбитэ. Тустаах µлэтин таґынан оскуола тас µлэтин барытын толорор этэ. 1961 сылтан пенсия±а тахсыар диэри дьааґыла±а ньээньэнэн µлэлээбитэ. Парасковья Тимофеевна 2011 с. бэс ыйын 22 кµнµгэр ілбµтэ.

 

Прокопьев Прокопий Тимофеевич (Буоххалаах уола) – Буоххалаах Тµмэппий улахан уола 1917 с. Боро±оІІо тіріібµтэ. Прокопий Тимофеевич кэргэннэммэтэ±э, о±ото суох, саха±а орто уІуохтаах, улахан лэІкэйбит тібілііх, суон, кылгас моойдоох, модьу-та±а киґи этэ. Кини аа-дьуо сырытта±ына салбык-илбик туттан, оттон тиэтэйдэ±инэ ата±ын буруґууна±а µктээн иґэр курдук хаамара. Колхоз, совхоз тутаах µлэґиттэриттэн биирдэстэрэ этэ. 1952 с. Бµлµµ куоратыгар икки этээстээх оскуола дьиэтин тутуутугар сылдьыбыта. Сµіґµ ілірµµтµгэр сылдьан, сµіґµ ічісті±µнэ, быатын санныгар биллэ±э быра±ан баран состо±уна сµіґµ илин атахтара хатыыскалаан иґэр буолара, онон сэниэ киґи, онтун биллэрбэккэ бараахтаата±а. Кини убайа Петр Тимофеевич 1978 с. ыалдьан ілбµтµн кэннэ, эдьиийигэр Мария±а ДьіккіІІі олорон ілбµтэ.

 

Семенова Акулина Николаевна (Кыґыл) – Сэттэккэй Ньукулай аччыгый кыыґа 1927 с. тіріібµтэ, биэс кылаас µірэхтээх. Сэрии сылларыгар комсомолга киирбитэ. Колхоз бастыІ µлэґитэ буолбута. Јр кэм устата саІа тірµі±µ иитиинэн пенсия±а тахсыар диэри дьарыктаммыта уонна µлэтигэр µрдµк кірдірµµлэри ситиґэн, оройуон биллиилээх ньирэй кірііччµтэ буолбута – кини µлэтин опыта оройуоІІа киэІник тар±ана сылдьыбыта. Пенсия±а тахсан баран бэкээринэ±э рабочайынан µтµі суобастаахтык µлэлээбитэ. Акулина Николаевна 2006 с. кулун тутар 8 кµнµгэр ыалдьан ілбµтэ.

 

 

Семенова (Унарова) Анна Николаевна (Тоокой) – Сэттэккэй Ньукулай улахан кыыґа 1912 с. бала±ан ыйыгар тіріібµтэ. Колхозка араас µлэ±э µтµі суобастаахтык µлэлээбитэ. Кэргэнэ Унаров Гаврил Николаевич 1941 с. сельсовет исполкомун председателинэн олорон, армия±а ыІырыллыбыта, 1942 с. кулун тутар ыйыгар ілбµтэ. Анна Николаевна сэрии сылларыгар от охсон кылбаІнатан эр дьонтон хаалсыбат этэ. Кэлин 1964 с. интернакка ньээньэнэн, совхоз буолбутун кэннэ ньирэй кірііччµнэн µлэлээбитэ. Кини 1985 с. бала±ан ыйын 22 кµнµгэр ыалдьан ілбµтэ.

 

 

Семенова Екатерина Николаевна (Баастаах) – Сэттэккэй Ньукулай иккис кыыґа 1915 с. тіріібµтэ, µірэ±э суо±а. Мукучу киґитигэр кэргэн тахса сылдьыбыта. Улахан дьону µірэхтээґиІІэ хабан, Борисов Иннокентий Афанасьевич µірэппитэ. Колхозка 18 сааґыттан, совхозка пенсия±а тахсыар диэри ыраах учаастактарынан, Чараас Арыытынан, Харбалаа±ынан ыанньыксыттаан, кэлин Орто Кµіл ферматыгар µлэлээбитэ. Ыанньыксыттаабытын тухары µлэ±э кыґамньытынан атыттарга холобур буолар этэ, µµтµ ыаґыІІа уґун кэмІэ бастыІнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Кини 1965 с. пенсия±а тахсыбыта уонна музейга оґох оттооччунан µлэлээбитэ. 1985 с. ыам ыйын 20 кµнµгэр ілбµтэ.

 

Саввинов Христофор Николаевич – Модут нэґилиэгэр ЧачаІда диэн кµілгэ олохтоох Саввинов Николай Афанасьевич дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. Дьоно урукку дьон сиэринэн ынах, сылгы сµіґµ ииттэн, кыра бурдук ыстан, бултаан-алтаан айахтарын ииттэн олорбуттара. 1935 с. ынах, сылгы холбоон „Куйбышев“ колхозка киирэн, араас µлэ±э µлэлээбиттэрэ. А±ата сэрии буолуор диэри колхозка биригэдьиирдээбитэ, сэрии кэмигэр Тиксиигэ µлэ фронугар сылдьыбыта. Христофор Николаевич улаатан колхозка араас µлэ±э, ол иґигэр Чыыртыыр бириистэнигэр, 1950 с. колхозтар холбоґуохтарыгар диэри хонуу биригэдьииринэн µлэлээбитэ. 1951 с. колхозтар холбоґон, Боро±оІІо киирэн 1962 с. бµтµір диэри хонуу биригэдьииринэн, ону таґынан 1957 с. оройуоІІа МТС тэриллэн, трактордар Бµлµµттэн тахсан µлэлиир буолбуттарыгар, 1957-1958 с.с. биригэдьиирдэри То±уска-Боро±оІІо эбии учуоччугунан, заправщигынан µлэлэппиттэрэ. 1963-1991 с.с. бастаан „Правда“ колхоз Боро±онноо±у учаастагар, онтон „Орто Бµлµµ“ совхоз отделениетыгар тохтоло суох бухгалтердаабыта. Отчуоту ый 25 кµнµн аґарбакка Хампа±а баран туттарыллар этэ. Отчуоту кэмигэр туттарарга специалистар, биригэдьиирдэр чуолкай µлэлэрэ ирдэнэрэ. Боро±он колхоз учаастага да эрдэ±иттэн, отделение да буолан баран, колхозка, совхозка бастыІ µлэлээ±инэн аа±ыллара. В.И.Ленин тіріібµтэ 100 сылыгар аналлаах куоталаґыыга бастаан уонна IX пятилетка тµмµгµнэн эмиэ оройуоІІа кыайыылаа±ынан тахсан, µйэ-саас тухары хаалларарга икки кіґірµллэ сылдьар Кыґыл Знамяны ылбыппыт. 1955 с. Боро±он олохтоо±о Кондратьева Мария Николаевналыын ыал буолан, аймахтарбыт о±олорун барыта то±ус о±ону иитэн атахтарыгар туруордубут.

 

Фомин Михаил Иванович II – 1925 с. олунньу 23 кµнµгэр Ба±адьа±а „Куба сиэбит“ диэн сиргэ Андреев Николай Алексеевич дьиэ кэргэнигэр тіріібµт, ийэтэ Александра Кэбээйи Мастаа±ыттан Аґыхтааччы а±атын ууґуттан тірµттээх. Кыра эрдэ±иттэн Куома уола Уйбаан диэн аймахтарыгар иитиллибит, ийэтэ Огдооччуйа тірді Боро±он. А±ата ілбµтµн кэннэ дьоно 1937 с. Боро±оІІо кіґін киирбиттэр. Боро±оІІо оскуола суох буолан, То±ус начальнай оскуолатыгар икки сыл µірэнэн тµірт кылааґы бµтэрбит. Сэрии сылларыгар араас ыарахан µлэлэргэ барытыгар µлэлээбит, Эйиэнчиккэ, БалдьыйааІІа, Боруулаахха тахсан хас да сыл оттоспут. Боро±оІІо аан бастаан оскуола тутуллар сылыгар, Эйиэнчиккэ сэттэ буолан, комсомольскай звено тэринэн, хаар тµґµір диэри оттообуттар, звено±а салайааччынан сылдьыбыт. Ол кэмнэргэ, Каратаев Петр Семеновичтыын Таас Тумуска табанан тахсан, 1000 кииґи ілірін киирбиттэр. Ґлэ±э ситиґиитин иґин Америкаттан а±алыллыбыт бурдук куулун ыстаан тиктэргэ бириэмийэ биэрбиттэр. 1950 с. Каратаева Анна Афанасьевналыын ыал буолаат, µс аІар сылга армия±а сулууспалыы барар. 1953 с. Чукотка±а сулууспалаан, армияттан кэлбитэ уола Миша тµірдµгэр чугаґаан эрэр эбит. Армияттан разрядтаах биэкэр буолан кэлбит. Дьиэ тутуутун курдук уустук µлэни баґылаан, Бµлµµ куоратыгар Чиряев аатынан оскуола дьиэтин тутуспут. Кыґыны быґа кілµµр о±уґун сыар±атын оІороро, саас ол сыар±алар ылахтарын маґын бэлэмниирэ. Маны таґынан ферма µлэґиттэригэр устуул, кµрдьэх уо.д.а. Бултуур тэрили барытын, тыыны, мончуугу, илими бэйэтэ оІосторо, дьоІІо да уґанара. Эдэр сааґыттан дьіґігій о±отун сібµлээн, сылгыґыт бастыІа этэ.

 

 

Яковлев Павел Яковлевич – 1914 с. Бэс а±атын ууґуттан тірµттээх Бурку Дьаакып дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. Байбаллаах а±алара Дьаакып улахан сытыы киґинэн биллэрэ. Модукка киниэхэ тиийэр сытыы киґи µіскээбитэ биллибэт. Дьаакып биир эрэ ынахтаа±а, ньирэй тірііті да ілін иґэрэ, ону атын дьон „ити ына±а іллі да, сµіґµтµттэн эстэрэ буолуо“ дииллэрин истэн олорон, Ылдьаана эмээхсин: „Дьаакып биир ына±ын кутуругун саппайын, оґо±уттан тахсар кыымын ахсаанын мин кыайан аахпаппын, ону мэнээк тыллаґымаІ,“-диэбит. Байбал орто уІуохтаах, „тэп“ курдук туттан кыара±ас-кыара±астык хардыылаан, ата±ын тібітµнэн дугунар курдук µктэнэн, тµргэн ба±айытык хааман битигирэйэр, сорсуннаах булчут, кістµµтµн тас іттµнэн кыайыгас-хотугас, улахан кыахтаахтык сµгэр-кіті±ір киґи этэ. Байбал Бала±аччыттан Ґідэй Дьігµір кыыґа Јрµµнэни кэргэн ылан, µс уол, тµірт кыыс о±оломмуттара. Јрµµнэ холкуоска асчытынан µлэлээбитэ. Павел Яковлевич сэрии ыар сылларыгар Муустаах бай±ал кытылыгар Лена эбэ хотун тірдµгэр балыктааґыІІа сылдьыбыта. Кини сылгыґыт, булчут, отчут ааттаа±а этэ. Окко звено тэрийэн эдэр дьону µлэ±э кі±µлµµрэ. Кэлин, кырдьан баран µлэ, сынньалаІ лаа±ырын о±олоругар элбэх сыл наставнигынан µлэлээн, тэриллэрин кірін-истэн, балыктаан-бултаан аґатан, о±о айыл±аны кытта алтыґарыгар µлэ±э-хамнаска уґуйсубут ыччакка биир µтµілээх. Краевед Афанасьев Н.И. салайбыт походтарыгар дойдутугар Модукка, сирдьитинэн хаста да сылдьыспыта, онон кыраайы µірэтээччилэр ійдірµгэр-санааларыгар µтµі санаалаах, сээркээн сэґэнньит, чулуу булчут, тай±а сирдьитин быґыытынан умнуллубат киґи. Павел Яковлевич 1985 с. ыалдьан ілбµтэ.


Дата добавления: 2015-08-21; просмотров: 102 | Нарушение авторских прав


<== предыдущая страница | следующая страница ==>
Сталин» аатынан холкуос Боро±он нэґилиэгэр| О смирении

mybiblioteka.su - 2015-2024 год. (0.022 сек.)