Студопедия
Случайная страница | ТОМ-1 | ТОМ-2 | ТОМ-3
АвтомобилиАстрономияБиологияГеографияДом и садДругие языкиДругоеИнформатика
ИсторияКультураЛитератураЛогикаМатематикаМедицинаМеталлургияМеханика
ОбразованиеОхрана трудаПедагогикаПолитикаПравоПсихологияРелигияРиторика
СоциологияСпортСтроительствоТехнологияТуризмФизикаФилософияФинансы
ХимияЧерчениеЭкологияЭкономикаЭлектроника

Ваш сын снайпер Д. А. Гуляев.

Читайте также:
  1. Глава 12 . Снайпер
  2. Хитрости снайпера
  3. Хитрости снайпера
  4. ХИТРОСТИ СНАЙПЕРА.

УЛУУ КЫАЙЫЫНЫ У¤АНСЫБЫТ

БИИР ДОЙДУЛААХТАРБЫТ

 

С.с.

А±а Дойду Улуу сэриитин

Кыттыылаахтара

 

 

Quot;Здравствуйте, мои родные колхозники! Посылку вашу я получил 28 Января 1943 года. Большое спасибо. У меня всё нормально. В борьбе с гитлеровскими захватчиками, зверски напавшими на нашу Советскую Родину - Мать, служу, не жалея сил. Истребил свыше 100 фашистов, за что дважды был отмечен правительственными наградами. Ваш подарок - это свидетельство единства бойцов героической Красной Армии и трудящихся тыла, живущих одной мыслью и одним стремлением в самоотверженной борьбе с врагом за родину.

За вашу заботу, за Родину - Мать и великую партию я буду сражаться до последней капли крови. Я уверен в том, что для фронта и страны вы ещё лучше будете помогать, добившись высоких показателей на трудовом фронте.

Ваш сын снайпер Д. А. Гуляев".

Гуляев Дмитрий Алексеевич – 1917 с. Модут нэґилиэгэр дьадаІы, булдунан дьарыгыран иитиллэн олорбут ыалга тіріібµтэ. Тµірт кылаас µірэхтээх. Модут «Сталин» аатынан холкуоска биригэдьииринэн µлэлии сылдьан 1941 с. атырдьах ыйыгар армия±а ыІырыллыбыта. Ар±аа фронт 33-с армиятын 110-с дивизиятын 1489-с стрелковай полкатын састаабыгар снайперынан сылдьыбыта. Москва куорат анныгар кыырыктаах кыргыґыыларга сахалартан аан бастакынан снайпескай хамсааґыны тэрийсибитэ. Икки сыл устата 121 немец саллааттарын, офицердарын ілірбµтэ. Кинини Ийэ дойдутугар халбаІа суох бэриниилээ±ин уонна толоругаґын, чиэґинэйин иґин биир санаанан партия чилиэнигэр кандидатынан ылбыттара. 1943 с. кулун тутар 4 кµнµгэр Вязьма куорат туґаайыытынан кµµстээх кыргыґыыга бастакы бааґырыыны ылан, госпитальга эмтэммитэ. Ґтµірбµтµн кэннэ дойдутугар ыытаары гыммыттарыгар Дмитрий фроІІа иккистээн киллэрэргэ кірдіспµтэ. Фронт инники кирбиитигэр 1106-с стрелковай полка±а снайпер быґыытынан ыыппыттара. Кини «Бойобуой Кыґыл Знамя» орденынан, аата суруллубут кыґыл кімµс чаґынан, «Бойобуой µтµілэрин иґин» мэтээлинэн, «Туйгун снайпер» знагынан на±араадаламмыта. ФроІІа элбэх снайперы µірэппитэ. Дмитрий Алексеевич Гуляев, 281 СП. 110 СД. 33 армия гвардиятын старшината, 1943 с. бала±ан ыйын 10 кµнµгэр сэриилэґэ сылдьан ілбµтэ. Смоленскай уобалас Ярцевскай оройуонун Петрово селотугар кімµллµбµтэ. Тіріібµт нэґилиэгин дьоно-сэргэтэ кµн бµгµн кини аатын киэн тутта ааттыыр..

 

Иванов Иван Семенович – 1922 с. Модут Ґілэґигэр Иргин диэн эбэ±э тіріібµтэ. Кини о±о сааґа ити сиргэ ааспыта. 1930 с. Дьооху начальнай оскуолатыгар µірэнэ киирбитэ. Начальнай оскуоланы бµтэрэн баран, Бала±аччы сэттэ кылаастаах оскуолатыгар µірэнэн, 1938 с. сэттэ кылааґы бµтэрбитэ. Бала±аччыга µірэнэр сылларыгар аатырбыт Кыґыл партизан Васильев Георгий Николаевичка (Ыстаамсык уола) олорон µірэммитэ, онон киниттэн элбэх µчµгэйгэ, кэрэ±э уґуйуллубута. ХалыІ ба±айы нууччалыы кинигэлэри аа±ара. Ата±ынан сµрдээх быґый, тустан сайылык уолаттарын киґилээбэт этэ. Саанан олус µчµгэйдик ытара. Ґілэс Суордаа±ар олорон, ыраах хатыІІа олорор токутардары дьиэтин ааныттан тозовканан аллараттан µіґэ аахтара табара. 1939-1940 с.с. комсомол райкомун инструкторынан µлэлээбитэ. 1941 с. сэриигэ ыІырыкка то±о эрэ сыыйыллан, Ґілэскэ колхозка суоччутунан µлэлээбитэ. 1942 с. бэс ыйыгар армия±а ыІырыллыбыта, Ленинград блокадатыгар кыттыбыта. «Сапердар курстарын µірэнэн бµтэрдим, хаста да сэриигэ киирэ сырыттым, барыта этэІІэ,»- диэн суруйара. 1943 с. алтынньы 9 кµнµгэр бµтэґик суругар: «Сарсын алтынньы 10 кµнµгэр дьиІнээх сэриигэ бардым… МунчаарымаІ, ытаґымаІ, тыыннаах буоллахпына суруйа туруом. Ийэм, а±ам уонна о±олор быраґаайдарыІ. Аны «бырастыыларыІ» диэн суругу тутуоххут биллибэт.» Ити бµтэґик суруга этэ. Иван Семенович кімµс уІуо±а Ленинградскай уобаласка кімµллµбµтэ.

 

Иванов Николай Федотович I (Додооччун) - 1927 с. ыам ыйын 20 кµнµгэр элбэх о±олоох Иванов Федот Иванович (Хаанньар) дьиэ кэргэнигэр Јргµіттээххэ тіріібµтэ. Колхоз араас µлэлэригэр µлэлээбитэ. 1945 с. от ыйыттан армия±а ыІырыллан, Тихоокеанскай флот 16 муоратаа±ы биригээдэтигэр стрелок быґыытынан сылдьан, 1945 с. атырдьах ыйын 15 кµнµгэр десантнай хараабылларынан Порт-Артурга Японияны кытта сэриигэ барбыта. Армияттан младшай сержант званиялаах 1951 с. муус устар ыйга босхоломмута. Дойдутугар кэлэн, Дмитриева Ульяна Михайловналыын ыал буолан, а±ыс о±ну тірітін иллээх-эйэлээх ыал буолан олорбуттара. 1952 с. Бµлµµ куоратыгар икки этээстээх оскуола дьиэтин тутуутугар, Боро±он нэґилиэгин араас тутууларыгар сылдьыбыта. СайыІІы субай сµіґµ бостуугунан ір кэмІэ µлэлээбитэ. Ґлэтигэр ситиґиилэрин иґин «Пятилетка ударнига» ааты ылбыта, 1979 с. Москва±а ВДНХ-±а сылдьан олус астынан кэлбитэ. 1983 с. хомолтолоохтук ууга былдьаммыта.

 

Каратаев Данил Софронович – 1925 с. тіріібµт, а±ата Каратаев Софрон Васильевич, Јрµкµй Баґылай уола, ийэтэ Лµµчµнтэн тірµттээх. Бииргэ тіріібµт балта Мария ыалга иитиллэн Андреева Мария Егоровна диэн буолбут. 1943 сыл бэс ыйыгар армия±а ыІырыллыбыт. 1943 с. алтынньы ыйга ыалдьан, армияттан босхоломмут. Уґун кэмІэ Бµлµµ куоратыгар балыыґа±а эмтэммитэ. 1966 сыл тохсунньу 2 кµнµгэр ыалдьан ілбµтэ.

 

Каратаев Петр Тимофеевич (Баах) – 1895 с. Боро±он нэґилиэгэр МэІэ±э Кэккэмэ±э Каратаев Тимофей Игнатьевич (Чылбыыр) дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ. А±ыйахтык быґаччы саІарбыт-иІэрбит сытыы ійдііх-харахтаах орто киґи этэ. 1936 с. Харбалаахха бастакы колхоз тэриллиитигэр завхоґунан µлэлээбитэ. 1942 с. армия±а ыІырыллан баран, Бµлµµ, Сунтаар оройуоннарын µлэ±э холуонньаларыгар надзирателинэн µлэлээбитэ. Онно µлэлии сылдьан, 1943 с. бэс ыйын 15 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта. 1945 с. дойдутугар эргиллэн кэлэн, колхозка тутууга уонна сылгы ферматыгар µлэлээбитэ. 1955 с. ыалдьан ілбµтэ.

 

Осипов Иван Тимофеевич -1922 с. Боро±он нэґилиэгэр тіріібµтэ. 1938 с. биэс кылааґы бµтэрбитэ. Боро±он нэґилиэгэр аа±ар бала±ан сэбиэдиссэйинэн, налоговой агенынан уонна итиннэ хос колхозка ревизиялыыр комиссия председателинэн µлэлии сылдьан, 1942 с. армия±а ыІырыллыбыта. 1943 с. дьонугар биирдэ сурук кэлбит, ол суругар «А±ам уІуо±ун туттулар дуо,» - диэн ыйыталаспыт уонна «бааґыран госпитальга эмтэнэн µтµірэн, госпитальга оґох оттооччунан µлэлии сылдьабын,» - диэбит. Иван Тимофеевич ілбµтµн туґунан биллэриини дьоно туппатахтар. Иван биир дойдулаа±а Степанов Дмитрий Степанович тыыннаа±ар: «Биґиги Уйбаанныын Ленинград таґыгар биир рота±а сэриилэспиппит. Куйаас, ытыалааґын. Цистерна иґигэр киирэн уу иґэ олорбуппут. Немецтэр цистернаны ытыалаабытынан барбыттара. Уйбаан онно бааґырбыта, санитардар илдьэ барбыттара,»- диэн кэпсээбит. Биир дойдулаа±а, Федоров Иван Григорьевич: «Белоруссия±а Петрова дэриэбинэ таґыгар Уйбаан биґикки бииргэ баар этибит. Јстііхтірµ кытта биир ытыалаґыыга бааґыран, мин госпитальга киирбитим. Уйбаантан ураты биґиги Модуппут киґитэ (Саввинов Дмитрий Николаевич а±атын кытта бииргэ тіріібµт) баара. Мин кэннибиттэн госпитальга киирбит дьонтон ыйыталаспыппын, бары іллµлэр диэбиттэрэ. Онон Уйбаан да, Саввинов да ол кыргыґыыга ілбµт буолуохтарын сіп,»- диэн кэпсээбит. Осипов Иван Тимофеевич 1943 сыл кулун тутар 5 кµнµгэр ілбµт, Смоленскай уобалас Петрова дэриэбинэ±э кімµллµбµт.

 

Прокопьев Петр Тимофеевич (Буоххалаах уола) – Буоххалаах аччыгый уола, 1911 с. Боро±он нэґилиэгэр тіріібµтэ. Ґірэ±э суох, холкуостаах. 1944 сыл бэс ыйын 26 кµнµгэр армия±а ыІырыллан, Японияны утары сэриигэ кыттыбыта уонна сэрии бµппµтµн кэннэ, 1945 сыл алтынньы ыйга эргиллэн кэлбитэ. Кини «Японияны кыайыы иґин» мэтээлинэн на±араадаламмыта. 1950 с. Дьіккінтін тірµттээх Осипова Анна Ивановналыын ыал буолан тµірт кыыс о±оломмуттарыттан, улахан кыыстара µс саастаа±ар ілііхтіібµт. Петр Тимофеевич от-мас тиэйиитигэр, колхоз, совхоз араас µлэлэригэр, Анна Ивановна ыанньыксытынан, субай сµіґµ кірііччµнэн кµннэри-тµµннэри хараІаттан хараІаны ыпсаран, биир да кµн сынньалаІа суох µлэлээн, «колхоз туґа, уопсай дьыала» диэн умса-тінні тµґэллэрэ. 1966 с. Боро±он біґµілэгэр кіґін киирбиттэрэ. Петр Тимофеевич эйэ±эс, алама±ай майгылаах, кыыґырар диэни билбэтэх киґи, сааґыран да баран, мас кµрдьэх, талах олоппос, сыар±а, бур±алдьы курдук олус наадалаах маллары совхозка оІороро, 1978 с. ыалдьан ілбµтэ.

 

 

Сивцев Андрей Васильевич – 1911 с. То±ус нэґилиэгэр «Сивцев алааґа» диэн сиргэ олус дьадаІы кэргэІІэ тіріібµтэ. Кини а±ыс бииргэ тіріібµттээ±э. Дьонноро эрдэ іліннір, о±олор бары ыалы кэрийэн, ыалга иитиллэн улааппыттара. Андрей Васильевич о±о сылдьан элбэхтик аччыктаабытын, ата±астаммытын туґунан ахтар этэ. Кини 1931 сыллаахха тµірт кылаас µірэ±и бµтэрбитэ, ССРС народнай учуутала Алексеев М.А. кытта бииргэ µірэммит. Сэрии иннинэ, 1934-1935 сылларга Боро±он Советын исполкомун секретарынан, 1935-1939 сыллар усталарыгар колхоз суоччутунан µлэлээбит. Кини суот-ахсаан іттµгэр ордук ча±ылхай этэ, ханнык ба±арар датаны олус чуолкайдык ійдµµрэ, чопчу этэрэ. 40-с сылларга Орто-Бµлµµгэ атыыґытынан µлэлээбитэ. 1943 сыл бэс ыйын 15 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта, доруобуйата мілті±µнэн кинини уоттаах сэриигэ ыыппатахтара, ол оннугар тыыл µлэтэ диэн сµіґµ µµрдэрбиттэрэ. Ол сµіґµлэри Мальта диэн станция±а дылы µµрбµттэр. 1944 с. тіннін кэлбитэ, ыарыґахтаабыта. 40-с сыллар бµтµµлэригэр суоччутунан, атыыґытынан µлэлээбитэ. 1955 сыллардаахтан сайын субай сµіґµ бостуугунан, кыґын оскуола интернатыгар завхоґунан µлэлээбитэ. 1965 с. субай сµіґµнµ тіліґµтµµгэ Кондаков Семен Алексеевиґы кытта оройуоІІа бастаабыттара. Кэлин Тыымпы дэриэбинэтиттэн атынан кыґыннары-сайыннары почтаны таспыта. Кини 1986 сыл кулун тутар 4 кµнµгэр ыалдьан ілбµтэ.

Скрябин Афанасий Афанасьевич – 1942 сыл бэс ыйыгар Модут нэґилиэгиттэн а±атын Афанасий Ивановиґы кытта биир кµн сэриигэ ыІырыллыбыттар. А±атын, Скрябин Афанасий Ивановиґы сааґа элбэ±инэн µлэ фронугар, Охотскай муора±а балыктааґыІІа ыыппыттар, сэрии бµтµір диэри онно сылдьыбыт. Афанасий Афанасьевич Бµлµµ куоратыттан Дьокуускайга диэри борохуотунан айаннаан, медкомиссияны ааґан, салгыы Усть-Кутка диэри борохуотунан устубуттар. Заярскайга диэри массыынанан, онтон Ангаранан Иркутскайга тиийбиттэр. Иркутскай таґыгар Мальта диэн байыаннай пууІІа а±алан уґуннук µірэппиттэр. Ол кэнниттэн Читанан кыра поеґынан Могманая диэн сиргэ байыаннай часка тиийбиттэр. Ол «25 Кыґыл Знамялаах механизированнай полк» эбитэ µґµ. Онно тµірт сыл кэриІэ сулууспалаабыта. Онтон 1945 с. атырдьах ыйын 9 кµнµгэр Япониялыын сэриигэ барбыттар. Кини онно танковай часка ручной пулеметчик буолбут. Хайалар туґаайыыларынан кумах куйаарынан айаннаан, утатан ілі сыспыттар. Хинган хайатыгар тиийэн, хайа µрдµттэн істііхтірµн кытта ытыаласпыттар. Цехе диэн куорат таґыгар істііх улахан кµµґµн µлтµрµппµттэр. Ол куораты ылбыттарын кэннэ, 1945 с. бала±ан ыйын 4 кµнµгэр сэрии бµппµтµн туґунан истэн, улахан µірµµ-кітµµ буолбут. Афанасий Афанасьевич сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн колхозка биригэдьииринэн µлэлээбит. 1955 с. Боро±оІІо кіґін кэлэн салгыы биригэдьиирдээбит, кэлин Модукка сылгыґытынан, кадровай булчутунан µтµі суобастаахтык µлэлээбит.

 

Спиридонов Филипп Алексеевич – 1914 с. Модут нэґилиэгин Хахсык алааґыгар дьадаІы кэргэІІэ тіріібµтэ. 1935-1941 сс. колхозка араас µлэ±э µлэлээбит. 1941-1942 сс. Бµлµµтээ±и промартыалга болуотунньуктаабыт. 1942-1945 сс. сэриигэ сылдьыбыт, II группалаах инбэлиит этэ. Кини 1942 с. сэриигэ ыІырыллыа±ыттан 128-с Кыґыл Знамя орденнаах Псковскай стрелковай дивизия, Александр Невскай орденнаах 533-с полкатын 7-с ротатын байыаґа. 1942 с. бала±ан ыйыгар бэлэмнэнии кэнниттэн, дьону таланнар Ленинградскай фроІІа ыыппыттара, алта хонук устата айаннаан Ладожскай кµіл кытыытыгар 11-с армия 8-с дивизиятын 533-с стрелковай 9-с ротатыгар тµірт саха бииргэ тµбэґэн оборона±а сыппыттар. Кинини кытта биир дойдулаахтара, Кыргыдай нэґилиэгиттэн Егор Абрамов, Прокопий Желтокоев биир часка тµбэґэн сулууспаларын са±алаабыттар. Оборона±а сытан, 1943 с. алта буойуну кытта разведка±а баран, немец салааттарын толору тиэммит грузовой массыынаны дэлби тэптэрэн, фашистары ытыалаан, автоматтарын уонна офицер суумкатын ылан чаастарыгар а±албыттара, фашистар наадалаах докумуоннарын арыаллаан испит немецтэр тµбэспиттэр. 1943 с. тохсунньу 12 кµнµгэр кµµтµµлээх Ленинград блокадатын кіІµрµтµµ дирбиэнэ-дарбаана буолбут. Ладога таґынаа±ы фашистар обороналарын урусхаллааґын итинник са±аламмыта. Бу кыргыґыыга Филипп Алексеевич эрбэ±ин буулдьа сотон ааспыт этэ. Госпитальга эмтэнэн µтµірэн, салгыы Старай Руссаны босхолооґун кимиитигэр артиллерийскай бэлэмнэниигэ буомбалааґыІІа тµбэґэр. Тіріібµт Хахсыгар 1944 с. эргиллэн Чыыртыырга ыскылаат сэбиэдиссэйинэн µлэлээбитэ. 1986 с. Дьокуускай куоракка ыараханнык ыалдьан ілбµтэ.

 

 

 

Тимофеев Григорий Павлович (Чірікііс) – 1905 с. Арыылаах нэґилиэгэр тіріібµтэ. Дьонноро Чµірµкэй алааска олохсуйан олорбуттара. Тимофеева Мария Ивановнаны кэргэн ылан Боро±оІІо олохсуйбута, µс о±оломмуттара. Колхозтааґын буолбутугар сµіґµлэрин холбоон, бастакылар кэккэлэригэр колхозка киирбиттэрэ. Оччолорго «Сталин» аатынан колхоз тэриллэн, дьон бииргэ тµмсэн оттоон, сµіґµ кірін барбыттара. Григорий Павлович 1943 с. бэс ыйын 15 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта. Ґлэ фронугар сылдьан, ата±ын тоґутан, госпитальга сытан эмтэнэн баран, 1945 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ уонна колхоз араас µлэтигэр, ордук тутууга, таґа±ас таґыытыгар, от оттооґунугар, мас кэрдиитигэр, сааскы ыґыы µлэтигэр, ат айааґааґыныгар µлэлиирэ. Кини сытыы-хотуу, кµµстээх-уохтаах киґи буолан, µлэни кыайара, онон Ааллаах ҐµІІэ таґа±ас таґыытыгар Алексеев Семен Семеновиґы (Сабдайы) кытта биэстии кілінµ кілµнэн сылдьаллара. Григорий Павлович уус киґи буолан, нэґилиэк бастакы дьиэлэрин, Бµлµµ куоратыгар икки этээстээх оскуола дьиэтин тутуспута. Кэлин техника сайдыбытын кэннэ ат косилкатынан от о±устарааччынан тµµн-кµнµс сменанан сылдьыбыта. Кини 1984 с. ыалдьан ілбµтэ.

 

Унаров Гаврил Николаевич – 1912 с. То±ус нэґилиэгэр тіріібµтэ. Кыра µірэхтээх. 1936 с. Боро±он нэґилиэгэр кэлэн олохсуйбута. Кэлээт, холкуоска киирбитэ уонна 1938 сылтан биригэдьииринэн µлэлээбитэ. 1941 с. армия±а барыар диэри Сельсовет исполкомун председателинэн µлэлээбитэ. 1941 с. бала±ан ыйын 4 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта. Киниттэн 1942 с. биирдэ эрэ суруга кэлбитэ. 1942 сыл кулун тутар ыйыгар ілбµт. Кімµллµбµт сирэ биллибэт.

 

 

Унаров Яков Николаевич – 1901 с. То±ус нэґилиэгэр тіріібµтэ. 1941 с. бала±ан ыйыгар армия±а ыІырыллан, сэриигэ ата±ар бааґыран 1942 с. дойдутугар эргиллибитэ. 1944 с. бэс ыйын 21 кµнµгэр фроІІа иккиґин ыІырыллыбыта. 1945 с. Япония сэриитигэр сылдьан тібітµгэр бааґыран, III группалах инвалид буолан, дойдутугар Боро±оІІо тіннін кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн, аа±ар бала±ан сэбиэдиссэйинэн, 1947-1950 сс. сельсовет секретарынан, колхозка сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн, куонньугунан Дьокуускай куоракка баран олохсуйуор диэри µлэлээбитэ. Кини 1979 с. муус устарга Ґіґээ-Бµлµµгэ улахан уолугар олорон ілбµтэ.

 

Федоров Иван Григорьевич – 1922 с. Боро±он нэґилиэгэр тіріібµтэ. 1942 сыл бэс ыйын 26 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта. 1943 сыл кулун тутарга Смоленскай уобаласка сэриилэґэ сылдьан, ата±ар улаханнык бааґыран, 1943 сыл от ыйыгар армияттан босхоломмута, III-с группалаах сэрии инбэлиитэ буолбута. Дойдутугар кэлэн, сельсовет секретарынан, холкуоска суоччутунан, ревизиялыыр комиссия председателинэн, сµіґµ биригэдьииринэн, кэлин субай сµіґµ бостуугунан µлэлээбитэ. 1979 с. ыалдьан ілбµтэ.

 

Филиппов Сергей Иванович (Мас атах) – 1915 с. Боро±он нэґилиэгэр (МэІэ±э) тіріібµтэ. Кыра µірэхтээх. Бэйэтин кыанар, сытыы киґи этэ. Холкуоска араас µлэ±э сылдьыбыта. 1943 сыллаахха бэс ыйыгар армия±а ыІырыллыбыта. Армия±а тимир суол станциятыгар куруусчутунан сылдьан, аІар ата±ын тоґуттаран, 1945 сыл муус устарга армияттан босхолонон, аІар ата±а суох дойдутугар эргиллибитэ. Бастаан Хампаттан, онтон То±устан почта таґааччынан ір кэмІэ µлэлээбитэ. 1968с. ыалдьан ілбµтэ.

Фомин Михаил Иванович I (Ньікчій) – 1918 с. муус устар 4 кµнµгэр I Лµµчµн нэґилиэгэр тіріібµтэ. Ийэлээх а±ата эрдэ іліннір, а±атын айма±а Фомин Иван (Куома уола) ылан ииппитэ. 1936 с. ииппит убайа ілін, ийэтин кытта Боро±он нэґилиэгэр киирэн олохсуйбуттара. Дойдутугар начальнай оскуола иккис кылааґын бµтэрэн, суруйар-аа±ар буолбута. Колхозка киирэн производство араас салааларыгар µлэлээбитэ. 1940 с. µчµгэй µлэґит быґыытынан сыаналанан хонуу биригэдьииринэн анаммыта. Ити µлэтигэр сылдьан, 1942 сыл бэс ыйын 27 кµнµгэр армия±а ыІырыллыбыта. Михаил артиллерийскай полка±а тµбэґэн, ар±аа айаннаабыта уонна Ростов куорат туґаайыытынаа±ы фронт линиятыгар тиийбитэ. Чугуйуу бириэмэтигэр аттыгар тµспµт миинэ эстиититтэн бастакы бааґырыыны ылан, Сталинград куорат аттыгар баар дивизия санчааґыгар эмтэнэн баран, иккиґин кыргыґыыга киирэр. Бу сырыыгга 76 мм. утарар полевой пушка±а наводчигынан сылдьыбыта. Волга ірµс биэрэгэр оборона±а сытар кэмнэригэр ійµн сµтэрбит Мэхээлэни Волга уІуоргу іттµгэр баар госпитальга таґаарбыттар этэ. Военнай госпитальга икки ый кэриІэ эмтэммитэ. Ґтµірэн тахсан баран фроІІа атаарыллыбыта, бу сырыыга Крымы, Севастополь куораты босхолоспута, онтон тірдµс улахан бааґырыыны ылан, госпитальга 11 ый устата эмтэнэн, иккис группалаах инбэлиит буолан, дойдутугар 1945 с. кэлбитэ. Кини «Бойобуой Кыґыл Знамя», «Кыґыл Сулус» орденнарынан, элбэх мэтээллэринэн на±араадаламмыта. Холкуоґугар араас салайар µлэ±э сылдьыбыта: арыы тутар пууІІа приемщигынан, ыскылаат, ферма сэбиэдиссэйинэн, холкуос председателин солбуйааччынан, совет председателинэн, совхозка кладовщигынан, заправщигынан µлэлээбитэ. 1996 с. тохсунньу 5 кµнµгэр 78 сааґыгар ыалдьан ілбµтэ.

Яковлев Михаил Яковлевич – 1917 с. Модут нэґилиэгэр тіріібµтэ, начальнай µірэхтээх. Колхозка µлэлии сырытта±ына 1943 с. армия±а ыІырыллыбыт. Чита уобалаґыгар сулууспалаабыта. Ыалдьан 1945 с. эргиллэн кэлбитэ. Кэлэн «Сталин» аатынан колхозка биригэльииринэн, онтон председатели солбуйааччынан µлэлээбитэ. Михаил Яковлевич буочара µчµгэйинэн, суоттуура чуолкайынан ыІырыыга сылдьан, оччотоо±у кыра µірэхтээх µлэґиттэр отчуоттарын оІорорго кіміліґір наадалаах киґи этэ. Булчут-асчыт байанайдаах дьон ыччаттара буолан, айыл±а±а чугас, мындыр, бэйэтигэр холооно суох кыайыгас, µлэни-хамнаґы уґаппат-тэниппэт толоругас, эппит тылыгар турар, ылыммыт дьыалатыгар бэриниилээх этэ. Кини Иннокентьев Николай Иннокентьевич улахан кыыґа, Ефросиньяны, кэргэн ылан, кыыстаах уол о±оломмуттара. Колхозтары бідіІсµтµµ кэнниттэн Боро±оІІо киирэн, колхоз ыскылаатын сэбиэдиссэйинэн µлэлээбитэ. Кэргэнэ ыалдьан ілбµтµн кэннэ,1959 с. Кэбээйи Мукучутуттан Самсонова Тамара Иннокентьевнаны кэргэн ылан, уоллаах кыыс о±оломмуттара. Уоллара кыратыгар оґолго ілбµтэ.Михаил Яковлевич 1961 с. соґумардык оґолго ілбµтэ.

 


Дата добавления: 2015-08-21; просмотров: 106 | Нарушение авторских прав


<== предыдущая страница | следующая страница ==>
К приказу Федеральной службы судебных приставов от 26.07.2006 № 89 «Об учреждении ведомственных наград Федеральной службы судебных| Сталин» аатынан холкуос Боро±он нэґилиэгэр

mybiblioteka.su - 2015-2024 год. (0.009 сек.)