Студопедия
Случайная страница | ТОМ-1 | ТОМ-2 | ТОМ-3
АрхитектураБиологияГеографияДругоеИностранные языки
ИнформатикаИсторияКультураЛитератураМатематика
МедицинаМеханикаОбразованиеОхрана трудаПедагогика
ПолитикаПравоПрограммированиеПсихологияРелигия
СоциологияСпортСтроительствоФизикаФилософия
ФинансыХимияЭкологияЭкономикаЭлектроника

Болҕой! Оонньуу быраабылалара.

Тыа сирин сылыгар аналлаах

I-кы республикатааҕы Дьокуускай куорат орто үөрэх устудьуоннарын икки ардыларынааҕы “Саха КВН” оонньууларын балаһыанньата

 

1) Тэрийээччилэр: Саха Республикатын анал үөрэхтээһиҥҥэ, каадырдары аттарыыга министиэристибэтэ, Саха Республикатын оҕолорун общественнай холбоhуктарын Сойууhа, Саха Республикатын «Саха КВН Лигата» ыччат общественнай тэрилтэтэ, Саха Республикатын алын уонна орто профессиональнай уөрэхтээhин ыччатын сойууhа.

 

3) Оонньуу сыала: КВН хамсааһынын нөҥүө ыччаты сайыннарыы, чөл олоххо угуйуу. Сүрүн соруктара:

- «Cаха КВН» хамсааhынын салгыы сайыннарыы;

- ыччат үөрэх таһынан дьарыктаах буолуутун хааччыйыы;

- саха ыччата төрөөбүт тылын туттар эйгэтин кэҥэтии;

- бастыҥ хамаандалары уонна оонньооччулары бэлиэтээhин;

- араас уөрэхтэр хамаандаларын икки ардыларыгар доҕордуу сыhыаннары кэҥэтии,

ыччаты түмүү.

4) Оонньуу ыытыллар кэмэ, миэстэтэ: 2013 сыл, олунньу 9 күнэ, Дьокуускай куорат, тыа хаһаайстыбатын техникума, аактабай саалата.

5) Кыттарга усулуобуйалар:

· Ыҥырыыта суох кэлбит хамаанда оонньууга киирбэт;

· Хамаанда састааба: 4-тэн аҕыйаҕа, 10-тан элбэҕэ суох кыттааччы буолуохтаах;

· Тэрийэр бөлөх кэлбит хамаандалары түһэрэри уонна аһатары хааччыйбат;

· Хамаандалар кэлэр-барар айаннарын, аhыыр төлөбүрдэрин бэйэлэрэ уйуналлар;

· Хас биирдии кыттааччы уларыттар атах таҥаhын илдьэ кэлэригэр көрдөhөбүт;

6) Сыаналааhын:

Хамаандалар көрдөрбүт программаларын дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр. Сыаналыырга болҕомто хамаанда көрүгэр-күлүүтүгэр, артыыстааһыныгар, имиджигар, сценическай культураны тутуhуутугар, музыкальнайыгар ууруллар.

7) Түмүк тахсыыта уонна наҕараадалааhын: Оонньуу түмүгүнэн хамаандаларга араас призтар уонна номинациялар ананаллар. Маны таһынан II-c республикатаа5ы Дьокуускай куорат студеннарын икки ардыларынааҕы оонньуларын полуфиналыгар киирэр 1-кы уонна 2-с миэстэ кыаайылахтарыгар туоһу сурук бэриллэр.

8) Оонньуу түһүмэхтэрэ:

1. «Бэйэни билиһиннэрии» – 5 мүн., тиэмэтэ: «Тыа сирин ыччата куһаҕан дьаллыкка бэриммэт!»;

2. «Биатлон» (хамаанда көрдөөх-нардаах 10 көрүдьүөс бэлэмниир);

3. «Фристайл» – 7 мүн, тиэмэтэ: «Тыа сирин ыччата аан дойдуга биллиэҕэ!».

Болҕой! Оонньуу быраабылалара.

1. Тэрийээччилэр репетициялыыр бириэмэттэн ураты атын үлэни ыытарга (сценарий суруйарга, фонограмма суруйарга, реквизит оҥосторго уо.д.а.) усулуобуйаны тэрийбэттэр.

2. Хамаанда көрдөрөр программата болдьоммут бириэмэттэн уhун буоллаҕына, тэрийэр бөлөх ону кылгатан биэрэр (редакциялыыр) бырааптаах.

3. Мөлтөх бэлэмнээх эбэтэр бэлэмэ суох кэлбит хамаанданы тэрийэр бөлөх көрөн баран оонньууттан туоратар бырааптаах.

4. Хас сыл аайы программа тиэмэтэ, ис хоһооно уларыйан иһэр. Урукку программаттан көрүдьүөһү (шутканы), миниатюраны,... хат туттуу көҥүллэммэт!!! Атын хамаанда көрүдьүөһүн, миниатюратын,... уоран туттуу, хатылааһын бобуллар!!! Урукку көрүдьүөһү, миниатюраны кэҥэтэн, тиэмэни арыйан салгыы сайыннарыахха сөп (ол эрэн ис хоһооно атын буолуохтаах)!!!

5. Программаҕа финальнай ырыаны толорорго бэйэҕит ыллыыргыт ирдэнэр, онтон «плюсовка» тустаах көрүдьүөһү, фишканы толорорга эрэ көҥүллэнэр.

6. Программаҕа хааччахтаммыт, тэпсиллибит, биһирэммэт теманы (пошлость), маны тэҥэ хаан тохтуулаах, өлөрсүүлээх тиэмэни аҕыйахта киллэриҥ.

7. Нууччалыы тылы туттартан туттунуҥ, нууччалыы тыл көрүдьүөскэ, фишкаҕа быһаччы сыһыаннаах эрэ буоллаҕына көҥүллэнэр.

8. Редакция кэмигэр программаны толору (реквизиты, форманы, фонограмманы туттан) көрдөрөр ирдэнэр. Редакцияҕа суох көрүдьүөһү, фишканы оонньууга киллэриигэ бал түһэр (редактор көҥүлэ суох)!!!

9. Хас биирдии хамаандаҕа звукорежиссер баар буолара ирдэнэр.

10. Хас биирдии хамаанда, бэйэтигэр күүс көмөҕө, зритель быһыытыгар дьоннору аҕалар.

10) Оонньуу программата:

Олунньу 9 күнэ – сарсыарда 10 ч. хамаандалар Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар аактабай саалатыгар мусталлар, регистрация, репетиция, хамаандалары көрүү (редакциялааһын), киэһэ 5 ч. – парад, оонньуу («Бэйэни билиһиннэрии», «Биатлон», «Фристайл»), оонньуу кэннэ – парад, наҕараадалааһын, тарҕаһыы.

11) Cайаапка. Тэрийэр бөлөх сайаапкалары олунньу 6 күнүгэр эрэ дылы тутар. Тэрийэр бөлөх аадырыһа: Саха Республикатын алын уонна орто профессиональнай уөрэхтээhин ыччатын сойууhа, 677000, Дьокуускай куорат, Курашова 36, 419 каб., факс: 42-51-59, е-mail: moosmnispo@mail.ru.

Координатор: Саха Республикатын алын уонна орто профессиональнай уөрэхтээhин ыччатын сойууhа – Бурнашева Туйаара Артемовна, сот.: 8(914)-303-28-97

Информационнай көмө: http://student.ya1.ru, http://sakhakvn.ru/, vk.com/souz_molodezhy_nispo, http://vk.com/sakhakvn, https://twitter.com/moosmnispo, http://www.facebook.com/SMNISPOsakha, http://www.youtube.com/user/SouzMolodezhi

 

Заявка на участие в I Республиканских играх “Саха КВН” среди образовательных учреждений начального и среднего профессионального образования Республики Саха (Якутия)


Дата добавления: 2015-10-24; просмотров: 54 | Нарушение авторских прав


<== предыдущая страница | следующая страница ==>
Казачий привоз» - выставка-ярмарка промыслов и ремесел.| О проведении городского конкурса детского художественного творчества «Разноцветная лошадка».

mybiblioteka.su - 2015-2024 год. (0.007 сек.)